ТУМУСОВ.РФ
ОЛОХХО ТАПТАЛ. Таптал арааһа элбэх. Кыыска таптал, олоххо таптал, дойдуга таптал, үлэҕэ таптал... Быраатым барахсан Өлөксөй 60 сааһын туолар төрөөбүт күнүгэр суруйан бэлэхтээбит МИЧИЛЛЭРБИН кэргэнэ Мария архивтан булан ылан бу ыыппыт. Марияҕа махталым бараммат.…
Олоҕу таптааһын үөрүүтэ,
Күлүмнүүр кулуһун кэриэтэ!

Таҥара бэлэхтиир Олоҕу,
Ыйааҕын билбэккин олоччу...

Уһуктаат мичилий Олоххо:
"Букатын симэлий хомолто!"

Олохтон эн дьолу ыймахтаа,
Тапталы, үөрүүнү айхаллаа!

Ураты амтаны  Олоххо,
Ыймахтыам дуоһуйа, дьоллоно!